Notice: file_put_contents(): Write of 661 bytes failed with errno=28 No space left on device in /www/wwwroot/muzbon.net/system/url_helper.php on line 265
Tunalqan - Күнүм-Ыйым (Feat. Twg) | Скачать MP3 бесплатно
Күнүм-Ыйым (Feat. Twg)

Күнүм-Ыйым (Feat. Twg)

Tunalqan

Альбом: Күнүм-Ыйым
Длительность: 3:53
Год: 2025
Скачать MP3

Текст песни

Күн тэҥэ эйэргээн ууллардыҥ сүрэхпин,
Ый тэҥэ суһумнаан уоскуттуҥ ис куппун.
Сардаҥа буолаҥҥын сырдаттыҥ иннибин,
Ыйдаҥа буолаҥҥын ыпсардыҥ санаабын.

Ким билэр этэй бу маннык кэрэ
Бу сиргэ баарын.
Эйигиттэн атын ким уулларыай тоҥмут Сүрэҕим хаарын.
Аҥардас кэрэҕин сөҕөн,
Ммм сөбүлүү көрөн.
Өйтөн айдым, тапталбын арыйдым.

Мин күнүм, мин ыйым
Эн буоллуҥ, сэгэрим.
Мичээргин анааҥҥын,
Ууллардыҥ мин сүрэхпин.
Күһүммүн киэр илгэн
Эргиттиҥ сааскыбын.
Түүллэрбин киэргэтэн
Кэлэн ааспыккын

Ыйдаах түүн үөһүгэр уол дьикти түүлүгэр
Түүл-туман иһигэр кэрэ куо эргийэр.
Ол кыысчаан мичээрэ сырдык күн кэриэтэ,
Тэтэркэй имнэрэ-саһар күммүт күлүмэ.

Сэгэриэм, бу сиргэ атын суох сүрэхпэр,
Тулалыыр биир кэрэ-эргиччи эн эрэ.
Алыптаах түгэҥҥэ мэлдьитин эргийэ,
Дьоллоно этэҥҥэ буолларбыт бу сиргэ
Иккиэн эрэ